Сталинград кыргыһыытыгар охтубут Ушницкай Афанасий Петрович
Ушницкай Афанасий Петрович 1918 сыллаахха Өнөр нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕата Петр Самсонович Ушницкай Кэлэдимэ Дьуоҕатыгар олохсуйбут киһи. 1929 сыллаахха сир түҥэтигин саҕана улахан баайа суох, көннөрү орто бааһынай, элбэх оҕолоох киһини кулаак оҥорбуттар. Афанасий бииргэ төрөөбүттэрэ: Екатерина, Анастасия, Михаил (1912-1984), Иван (1907-1941), Евдокия, Афанасий (1918-1942), Варвара.
«Афанасий Дүпсүн оскуолатын 5-с кылааһын бүтэрбитэ», – диэн Дмитрий Андреевич Иванов I ахтан суруйбута. Аныгы сэбиэскэй олоххо олус көхтөөхтүк үлэлээбит. Ол иһин комсомол чилиэнэ буолбут. «Кыһыл кыһа» уонна Чкалов аатынан колхуостарга хонуу араас үлэлэрин толорбут. Эһэлээххэ биир бириэмэҕэ ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьыбыт. «Актыыбынай буолан политиканы бэрт үчүгэйдик ырытара, мунньахтарга тыл этэр үгэстээҕэ», – диэн кырдьаҕастар ахталлара.
Сэриигэ маҥнайгы хомуурга 1941 сыл атырдьах ыйыгар барбыт. Остуойка киһитэ Петр Прокопьевич Молокотин ахтыбытынан, Сталинград куорат анныгар 1942 сыллаахха бииргэ сэриилэһэ сырыттахтарына, Афанасий минаҕа түбэһэн өлбүт. 1942 сыллаахха ыыппыт хаартыскатыгар: «Минометчикпын», – диэн суруйбут этэ. Бука, онон Сталинград анныгар көмүллүбүт буолуохтаах. Кэргэнэ, оҕото суох.