Сталинград кыргыһыытыттан эргиллибит буойун — Петр Филиппович Афанасьев
Афанасьев Петр Филиппович Өнөр нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Өссө сэрии инниттэн колхозка суоччутунан үлэлиирэ. Ол үлэлии олордоҕуна Аҕа дойду сэриитэ саҕаланар. Кини Чурапчы военкоматынан 1942 сыллаахха бэс ыйын 28 күнүгэр армияҕа ыҥырыллар.
Кини элбэх хаан тохтуутун көрбүтэ, элбэх кыргыһыыларга сылдьыбыта. Сталинград куорат иһин кыргыһыыга өлүү-тиллии диэн тугун өйдөөбүтэ. Курскай тоҕойунан, Сталинград куоратынан сэриилэспитэ. «Өстөөҕү суох оҥорууга туох баар өйбүтүн-санаабытын ууран охсуспуппут»,- диэн ахтара Петр Филиппович. Кини Сталинград куорат кыргыһыытыгар сылдьан ыараханнык бааһырбыта уонна ол бааһырыытынан 1944 сыллаахха дойдутугар эргиллибитэ. Кини «Германияны кыайыы иһин» мэтээллээҕэ. Эргиллэн кэлээт да дойдутугар колхозка суоччуттаабыта уонна оннук уһуннук үлэлээбитэ. Олус көнө, чуумпу киһи этэ. Найахыттан кэргэннэнэн хас да оҕоломмута. Билигин кыыстаах уол оҕо бааллар. Петр Филиппович олоҕо оҕолорунан, сиэннэринэн салҕанар.
