Сабарайкин Михаил Кириллович

Сабарайкин Михаил Кириллович 1904 сыллаахха Таатта оройуонун Тыараһа нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1930 сылглаахха үөрэҕин бүтэрээт, эдэр специалист оччотооҕу наркомпрос бирикээһинэн Уус-Алдан районота Өнөр начаалынай оскуолатын сэбиэдиссэйинэн ыытар.

Биир сыл үлэлээтин кытары Мүрү опорнай оскуолатыгар учууталынан кэлэр. 1932 с. районо аппараатыгар бастаан инспекторынан, онтон районо сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьыбыт.

1934 сыллаахха Чараҥай толорута суох орто оскуолатыгар дириэктэринэн ананар, онно 3 сыл үлэлиир. Онтон 1933 с. Нам оройуонун Нам ситэтэ суох орто оскуолатын дириэктэринэн ананар. 1941 сыллаахха Нам оройуонугар Партизан оскуолатыгар учууталлаабыта. 1942 с. эмиэ Намҥа Нам ситэтэ суох орто оскуолатыгар үлэлиир.

1934 с. от ыйын 26 күнүгэр Кыһыл армияҕа мобилизацияланар. Бастаан Челябинскай куоракка байыаннай үөрэххэ сылдьар, онтон Свердловскай байыаннай заводугар токарынан үлэлиир. 1943 с. доруобуйатынан сыыйыллан (бэс ыйыгар) 1943 с. ахсынньы 31чыыһылатыгар диэри отсрочка ылан кэлэр (ССРС ОГК 1942 с. бэс ыйын 5 күнүнээҕи 1880 №-дээх уурааҕынан). Ол эрээри доруобуйата айгыраан, отсрочкатын күнүгэр тиийбэккэ, 1973 с. ахсынньы 11 күнүгэр ыалдьан өлөр (Намҥа).

 

Поделиться: ВКонтакте Telegram

Онерская модельная сельская библиотека - филиал №13 входит в МКУ «Усть-Алданская МЦБС»