1935 сыллаахха 18 саастааҕар комсомолец Семен Степанович Захаров холкуостаах ударниктар II съезтэригэр Москваҕа барар чиэскэ тиксибитэ. Москвага ыйтан ордук айаннаан тиийбиттэрэ.
Бүтүн Союзтааҕы староста Михаил Иванович Калинин приемнаан, съезд туһунан кэпсээбит. Съезкэ ылыныллыбыт холкуостаахтар биримиэринэй Устааптарын билсиһиигэ эмиэ балачча бириэмэлэрин атаарбыттар. Кэргэнэ Екатерина Ивановна Павлова сэһэргииринэн М.И. Калиниҥҥа 18 буолан сылдыбыттар. Михаил Иванович барыларын кытта илии тутуһан дорооболоспут. Саха сирин туһунан ыйыталаспыт. Сэмэнньэ уонна икки буолан, төрөөбүт дойдуларын, үлэлэрин-хамнастарын, инники былааннарын туһунан кэпсээбиттэр. Бастаан олус кыбыстан, мух-мах буолбуттар. Онтон улам кэҥээн, иҥнибэккэ-толлубакка сэһэргэспиттэр. М.И. Калинин: «Дьоҥҥутугар-сэргэҕитигэр итии эҕэрдэтэ тиэрдиҥ. Саҥа олоҕу тутууга ситиһиилэри баҕарабын», — диэбит. С.М. Буденнайы кытта эмиэ көрсүспүттэр. Саха сылгыта хабараан тымныыга хаары хаһан аһаан туоруурун, аатырбыт полководец сөхпүт-махтайбыт. Ивановскай уобалас тыатын хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин бастыҥ уопуттарын кытта билсибиттэр.
