Окоемов Василий Николаевич

Отутус сылларга Өнөр нэһилиэгэр с/сэбиэт бэрэссэдээтэлэ, Курбуһахтан төрүттээх.

1934с. бүтүүтүгэр Дьокуускайдааҕы кинигэ издательствота өрөспүүбүлүкэ бастыҥ үлэлээх коллективтарын, дьонун-сэргэтин туһунан кэпсиир «Саңа олоҕу айабыт» диэн улахан кинигэни бэчээттээн таһаарбыта [17, 250с]. Кинигэҕэ промышленность, транспорт, култуура тэрилтэлэрин, үөрэх, эмп учреждениеларын, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын тустарынан суруллубута. Оччотооҕу Саха сирин олоҕор биллэр-көстөр миэстэни, киэҥ сэҥээриини ылбыт таһаарыыга Өнөр үлэһит дьонун туһунан киэҥник-куоҥнук 1934 с. алтынньы 18 күнүгэр Өнөр нэһилиэгин сэбиэтин отчуотун истии мунньаҕа ыытыллыбытын туһунан Уус-Алдан Бээрийэтиттэн төрүттээх кэлин Алексей Бэрияк диэн биллэр поэт буолбут биир дойдулаахпыт (ӨБэрийэкээнэп диэн оччотооҕу аатынан) сырдаппыт. Бу — Өнөр историятын биир улахан страницата. Биһиги биир дойдулаахтарбыт хайдах үлэлээн-хамсаан олорбуттарын кинигэ саһарбыт страницалара кэпсииллэр.

 

Поделиться: ВКонтакте Telegram

Онерская модельная сельская библиотека - филиал №13 входит в МКУ «Усть-Алданская МЦБС»