Нэһилиэк бастакы комсомолеһа Куличкин Степан Васильевич Кини педтехникумҥа үөрэнэр кэмигэр Дьокуускай куоракка пионерскай тэрилтэ үөскээһинигэр биир саамай ахтыыбынай кыттыыны ылбыт киһинэн биллэр.
Куорат саҥа тэриллибит пионерскай этэрээтин баһаатайа буолбут. Педтехтикуму бүтэрэн баран куораттааҕы хомсомуол кэмитиэтигар, пионерскай тэрилтэҕэ үлэлии сылдьыбыт. Кэлин Нам оройуонугар партия райкомугар пропаганда отделын сэбиэдиссэйинэн олорон, райсовет исполкомун председателинэн талыллыбыт. Ол кэннэ Чурапчы райомун Ⅰ секретарынан үлэлии олорон, Партия обкомун рекомендациятынан уонна бэйэтин көрдөһүүтүнэн 1934с. Москваҕа үөрэххэ киирэр. Үөрэнэ сылдьан 1935с. ыалдьан Кремль балыыһатыгар эмтии сатааабыттара да быыһамматаҕа. Техникумҥа бииргэ үөрэммит табаарыһа Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа Сааскы кэм романыгар Степан Булочкин прототиба Степан Куличкин диэн бигэргэппит.